С.Е.Дадаскинов аатынан Кырыкый сүрүн оскуола 1931-1932 үөрэх сылыгар Үкүкээт диэн сайылыкка начальнай оскуола быһыытынан арыллыбыта. Бастакы директорынан К.И.Горохов үлэлээбитэ. Онтон 1955 сылтан Чапаев сайылыгар көһөрүллэн 1969 сылга диэри үлэлээбитэ. 1969 сыллаахха Кырыкый нэһилиэгэр көһөрүллэн кэлэн 2016 үөрэх сылыгар диэри үлэлээн кэллэ. Оскуола икки зданиенан үлэлээбитэ начальнай уонна сүрүн корпус.
Быйылгы 2016-2017 үөрэх дьылын ахсынньы 9 кунугэр С.Е.Дадаскинов аатынан Кырыкый сүрүн оскуолата 85 сыллаах юбилейын уонна саҥа оскуола арыллыытын үөрүүлээхтик бэлиэтээтэ. Кырыкый сүрүн оскуолата 2013 сылтан РФ, СР культуратын үтүөлээх улэһитэ, ССРС телевидениеҕа уонна радиоҕа туйгуна, Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Орто-Халыма, Үөһээ Бүлүү улуустарын, Кырыкый нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, суруйааччы С.Е.Дадаскинов аатын сүгэр. 60 миэстэлээх саҥа оскуола «Сахам сирэ 21 үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын программатынан тутулунна. Саҥа оскуола иһэ сырдык, сылаас, благоустроеннай буолан, үөрэнэргэ-улэлииргэ олус табыгастаах. Бу оскуола тутуллан улэҕэ киириитэ нэһилиэк олохтоохторугар улахан бэлэх буолар.
2016-2017 үөрэх сылыгар 43 оҕо үөрэнэр, 17 педүлэһит үлэлиир. Оскуола 2011-2012 үөрэх дьылыттан ФГОС үөрэнэр. оскуола иһинэн араас кружоктар, секциялар үлэлииллэр.
1995 сылтан оскуолаҕа «Ньургуһун» фольклорнай – литературнай куруһуок үлэтин саҕалаабыта. Онно тойугу, норуот ырыатын уонна кыралаан оһуокайы үөрэппиттэрэ Оһуокайга үөрэтиини 2000-2001 үөрэх сылыттан күүскэ ылсан үөрэтэн, күн бүгүнүгэр дылы ситиһиилээхтик үлэлиир. Оһуокай куруһуогун салайааччытынан саха тылын, литературатын үрдүкү категориялаах учуутала, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна Васильева Мария Васильевна үлэлиир.Бу оһуокайга дьарыктаммыт оҕолор бары араас үрдүк уонна орто анал үөрэххэ студеннаан, сорохторо бүтэрэн үлэлии – хамсыы сылдьаллар, сорохторо араас үрдүк үөрэхтэргэ билигин студенныы сылдьаллар.Өбүгэ саҕаттан үҥкүүлэммит оһуокайы билигин да өрө тутан, саха культуратын тарҕата сылдьаллар.
1987 сылтан оскуолаҕа “Уран Уус” диэн уолаттарга аналлаах кружок үлэлиир. Кружогу үрдүк категориялаах технология учуутала, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация үөрэҕириитин почетнай үлэһитэ, Саха сирин физическай культураҕа уонна спортка туйгуна Егоров Яков Николаевич салайар. Бу кружок 30 сыл үлэтин тухары улуус, республика, республика таһынан ситиһиилэрин ааҕан сиппэккин.Манна дьарыктанар уолаттар мастан, муостан оҥоһуктары оҥороллор.
“Саймыына” муода студия быйыл 12 сылын үлэлиир. Студияны үрдүк категориялаах технология учуутала, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна Григорьева Пелагея Николаевна салайар. Улуус иһинэн ыытыллар күрэхтэр гран-при хаһаайыттара, республикатааҕы “Полярная звезда”, “Бриллиантовые нотки” хаһыс да төгүллээх лауреттара, дипломаннара.
“Красота движений” уҥкуу куруһуогун үрдүк категориялаах история учуутала, Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна Егорова Мария Кирилоловна салайар. Улуус иһинэн ыытыллар “Чугдаара ыллааҥ”, “Дружба народов”, “Түүр эйгэтэ” куонкурстар 1,2 степеннээх лауреттара.
“Чуораанчык” ырыа кружогун үрдүк категориялаах музыка учуутала Ан Евгения Евгеньевна 2007 салайан үлэлэтэр. Улуус иһинэн ыытыллар күрэхтэр гран-при хаһаайыттара, республикатааҕы “Полярная звезда”, “Бриллиантовые нотки” хаһыс да төгүллээх лауреттара, дипломаннара.
Ити курдук Кырыкый сүрүн оскуолатын оҕолоро нэһилиэккэ, улууска, республикаҕа ыытыллар күрэхтэргэ куруутун кытталлар, үөрэхтэрэ үчүгэй, общественнай үлэлэргэ активнайдык кыттар буоланнар дьон – сэргэ хайҕабылыгар сылдьаллар. Биһиги үлэбит өссө ситиһиилээх, сайдыылаах буолуоҕар баҕарабыт.