Суббота, 28.12.2024, 13:14
Приветствую Вас Гость | RSS

МБОУ "Кырыкыйская ООШ имени С.Е.Дадаскинова"

Меню сайта
Статистика

Главная » 2016 » Май » 20 » Поэзия кынатыгар уйдаран
12:27
Поэзия кынатыгар уйдаран

Поэзия кынатыгар уйдаран

«Көмүс тылла сомсуохха»

Лиирик поэт Василий Андреевич Алексеев 65 сааһыгар

аналлаах улуустааҕы научнай – практическай конференция

    Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкый нэһилиэгэр лиирик поэт Василий Алексеевка аналлаах икки күннээх юбилейнай тэрээһин буолан ааста.

            Конференция ыалдьыттара: саха биллиилээх суруйааччылара:

Уус – Алдан улууһуттан төрүттээх  Саха народнай суруйааччыта, Саха сирин суруйааччыларын союһун  председателэ , СР культуратын туйгуна Иван Васильевич Мигалкин, «Байанай»сурунаал редактора , суруйааччы Постников Александр Федорович – Сындыыс, Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх поэт Харлампьев Василий Фудович – Хара Лааҥкы.  

    Поэт Василий Алексеев дьоллоох олоҕу олорбут, айбыт  дойдутуттан Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгиттэн элбэх делегация кэлэн кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Обоюкина Анна Михайловна – Чөркөөхтөөҕү  “ Сандал»  сынньалаҥ киинин уус –уран салайааччыта, СР культуратын туйгуна, Саха сирин культуратын сайдыытыгар кылаатын иһин – бэлиэ хаһаайына;

     Филатова Елена Афанасьевна – Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгин дьаһалтатын специалиһа;

Жергонова Изабелла Яковлевна – Чөркөөхтөөҕү Саха сиригэр политссылка  мемориальнай уонна Платон Алексеевич Ойуунускай государственность историятын музейын старшай научнай сотруднига, СР культуратын туйгуна;

   Федосеева Клара Петровна – Чөркөөх нэһилиэгин библиотекара, педагогическай үлэ ветерана, СР норуот үөрэҕириитин туйгуна;

  Анисимов Геннадий Альбертович – Черкөөх оскуолатын информатикаҕа компьютерщига уонна биһиги биир дойдулаах суруйааччыбыт, поэппыт Василий Алексеев кэргэнэ – социальнай харалта үлэтин туйгуна, Чөркөөх бочуоттаах гражданина Алексеева Екатерина Ивановна Огонеров Василий Васильевич диэн суоппарынан  Таатта Чөркөөҕүттэн  сыыдам сырыылаах массыына көлөнөн көтүтэн кэллилэр.

     Үөһээ Бүлүүттэн Степанова Розалия Петровна – киин библиотека кыраайы үөрэтэр электроннай фонда отделын сүрүннүүр специалиһа;

Степанова Анна Ивановна, Буртахова Людмила Александровна – киин библиотека ааҕааччылары кытта үлэҕэ сүрүннүүр специалистара;

Павлова Дария Николаевна – киин библиотека внестационарнай үлэҕэ сүрүннүүр специалиһа, СР культуратын туйгуна;

Егорова Людмила Егоровна, Капустина Елизавета Васильевна – киин библиотека иһинэн үлэлиир “Санаа ситимэ» литературнай түмсүү чилиэннэрэ.  НПК –ҕа Дүллүкуттэн, Мэйиктэн, Хомустаахтан, Намтан, Хороттон, Үөһээ Бүлүүттэн, Тааттаттан кэлэн уонна олохтоох Кырыкыйдар кыттыыны ыллылар.

     Юбилейнай тэрээһин поэт Василий Андреевич Алексеев  бюһун уонна киниэхэ аналлаах литературнай музейы үөрүүлээхтик арыйыыттан саҕаланна. Лиирик поэппыт музейа арыллан олохтоохтор уонна ыалдьыттар, күрэхтэргэ кытта кэлбит ааҕааччылар улаханнык сүргэбит көтөҕүлүннэ.

     Юбилей торжественнай  чааһын Саха сирин үтүөлээх оһуокай этээччитэ, Саха сирин норуот творчествотын сайыннарыыга кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, Кырыкый нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николаева Надежда Егоровна иилээн – саҕалаан ыытта.

   Нэһилиэк баһылыга Сергеев Сергей Яковлевич “ Көмүс тылла сомсуохха» улуустааҕы научнай –практическай конференцияҕа кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары уонна истээччилэри , нэһилиэк олохтоохторун тапталлаах поэппыт музейа аһыллыбытынан уонна кини олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах НПК саҕаламмытынан итиитик – истиҥник эҕэрдэлээтэ.

Суруйааччыга аналлаах  ахтыы тылларын  народнай суруйааччы И.В.Мигалкин,  поэттар В.Ф.Харлампьев – Хара Лааҥкы, А.Ф.Постников – Сындыыс истиҥник ахтан – санаан кэпсээтилэр. Кэргэнэ Екатерина Ивановна уонна кэлбит ыалдьыттар  биһиги биир дойдулаах поэппытыгар анаан тыл эппиттэрин сэргээн иһиттибит.

      Лиирик поэт Василий Алексеев тылларыгар ырыа күрэҕэ уонна кини хоһооннорун уус –уран ааҕыы куонкуруһа ыытылынна. Уус –уран ааҕыы күрэҕэр барыта 31 ааҕыы сыаналанна.

      Киэһэ  Үөһээ Бүлүүтээҕи “Санаа ситимэ»  литературнай түмсүү кэрэ ааҕааччылара поэт Василий Алексеев хоһооннорун уус –ураннык истиҥ иэйиини тиэрдэр гына ааҕаннар эҕэрдэ концеры киэргэттилэр.

      Олохтоохтор уонна кэлбит ыалдьыттар  элбэх лирическэй ырыалары ыллааннар ытыс таһыныыта көрөөччү залыгар ньиргийдэ.

     Иккис күнүгэр сарсыардаттан Василий Алексеев олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах дакылаат күрэҕэ ыытылынна. Барыта 10 чинчийэр үлэ түмүгүнэн дакылаат көмүскээһинэ буолла. Дакылааччыттары Чөркөөхтөөҕү Саха сиригэр политссылка мемориальнай музейын старшай научнай сотруднига Жергонова Изабелла Яковлевна салайааччылаах тойон сүбэ сыаналаата.Түмүгэр:

Дмитриев Ньургустаан (7 кылаас)   -1 миэстэ («Эйиэхэ күөх дуолга

                                                            Эҕэрдэлээх киириэҕим” дакылаатынан)

Алексеев Кирилл (8 кылаас) -  2 миэстэ (Василий Алексеев төрүччүтэ)

Николаева Алена (5 кылаас) – 2 миэстэ (Киэн туттар киһибит – Василий Алексеев (олоҕо, айар улэтэ)

Анисимова Сандаара (5 кылаас) -3 миэстэ (Василий Алексеев хоһоонноругар ойуулуур – дьүһүннүүр ньымалар)

Яковлева Вилена (5 кылаас) – 3 миэстэ (В Алексеев – поэт –лиирик олоҕо, айар үлэтэ.)

Семенов Саша (9 кылаас) -1 миэстэ (В Алексеев олоҕо, айар үлэтэ)

Улахан дьоҥҥо:

Николаева В.П. – 1 миэстэ (Василий Алексеев поэзията)

Васильева М.В. – 2 миэстэ (В Алексеев лиирикэтэ – ыччаты сиэр –майгы өттүнэн иитиигэ суолтата)

Егорова И.А. -  2 миэстэ (В. Алексеев поэзията.)

Павлова У.В. – 3 миэстэ (Алаас ахтылҕана)

      Айар үлэ куонкурсугар 23 (10 улахан киһи, 13 оҕо) кыттааччы айар үлэлэринэн күрэстэстилэр. Саха сирин суруйааччыларын союһун председателэ, народнай поэт Иван Мигалкин, “Байанай» сурунаал редактора, суруйааччы Александр Постников – Сындыыс, Василий Харлампьев –Хара Лааҥкы айар үлэҕэ тойон сүбэ буоллулар.

Түмүккэ  Иван Мигалкин айар үлэҕэ киирбит үлэлэргэ санаатын үллэһиннэ. Уонна  сэргэх айар үлэлэргэ анал ааттары кытта бириистэри туттарда.

Начальнай кылаастарга маннык буолла:

       Яковлева Сааскылаана(4 кылаас, Кырыкый) – “Доҕордоһуу тойуксута”

       Корнилов Рома (3 кылаас, Кырыкый) – “Хорсун холонуу”

       Шологонова Наташа ( 4 кылаас, Кырыкый) – “Күннээх санаалан”

       Ильина Фая (Хомустаах, 4 кылаас) – “Кэскили иэйии”

Бэһистэн ахсыс кылаастарга диэри маннык түмүк таҕыста:

        Николаева Алена (5 кылаас, Кырыкый) – “Нарын хоһоон абылаҥа”

        Дмитриев Ньургустаан (7 кылаас, Кырыкый) – “Үөрүүнү үксэтэн сырдык иэйии”

        Анисимова Сандаара ( 6 кылаас, Кырыкый) – “Төрөөбүт тылга сүгүрүйүү”

        Константинова Күндээрэ ( 5 кылаас, Кырыкый) -  “Гран При”

Тохсустан уон биирис кылаастарга:

         Семенов Саша (9 кылаас, Кырыкый) – “Бастакы холонуу”

Улахан дьоҥҥо маннык түмүк буолла:

         Федорова Сусанна Ефимовна (Кырыкый) – “Поэзияҕа холонуу”

         Филиппова Альбина Егоровна (Бүлүү) – “Нарын тыл”

         Кисиляхова Наталья Спиридоновна (Боотулуу) – “Айымньыга дьулуур”

         Васильев Гаврил Гаврильевич (Кырыкый) – “Дьоһун санаа”

         Иванов Дьулустаан Федорович (Кырыкый) – “Гран При”  

Поэт айымньыларынан уруһуй күрэҕэр барыта 67 уруһуй күрэстэстэ.

Нам орто оскуолатыттан 4 уруһуй, Хомустаах оскуола – саадыттан  11, Кырыкый детсадыттан 10, Хоро орто оскуолатыттан 7, Дүллүкү орто оскуолатыттан 1, Кырыкый оскуолатыттан 28 оҕо уонна Кырыкыйтан 6 улахан киһи лиирик поэт хоһооннорунан уруһуйдаан күрэхтэстилэр.  Күрэхтэһии түмүгэр маннык буолла:

          Детсад о5олоро:

           Ситдикова Латика (Кырыкый) – “Ньургуһуннар” -1 миэстэ

            Кугаева Лиза (Кырыкый) – “Оҕобор” -2 миэстэ.

            Тарасов Миша (Хомустаах) – “Уол оҕо ат кулун” – 3 миэстэ.

     Начальнай кылаастарга:

            Ильина Фая (Хомустаах) – “Хомус” -1 миэстэ.

            Корнилов Рома (Кырыкый) – “Күрүҥчээммин таптыыбын” – 2 миэстэ.

            Федорова Арина (Кырыкый) – “Хатыҥчаан” -3 миэстэ.

    Сүрүн оскуолаҕа:

            Яковлева Вилена (Кырыкый) – “Ньургуһун” -1 миэстэ.

            Николаева Алена (Кырыкый) – “Бүлүү өрүһэ” – 2 миэстэ.

            Поскачина Шура (Кырыкый) – “Хатыҥчааным” – 3 миэстэ.

    Улахан дьоҥҥо:

            Федорова А.А. (Кырыкый) – “Икки ньургуһун” -1 миэстэ.

             Алексеева А.В. (Кырыкый) – “Ийэ” -2 миэстэ.

             Федорова С.Е. (Кырыкый) –  “Ийэ айылҕа түһэҕэр” - 3 миэстэ.

Уонна  биһирэбили хатыҥчаан уобараһын арыйбыт оҕолор ыллылар:

             Федорова Арина (Кырыкый, 1 кылаас)

             Степанова Сандаара (Кырыкый, 4 кылаас)

             Николаева Арина (Кырыкый, детсад)  

   Оскуола уонна детсад коллектива икки күннээх буфеты үлэлэттэ, кыттааччылары минньигэс аһылыгынан аһаттылар.

    Биир дойдулаах поэппыт Алексеев Василий Андреевич 65 сааһыгар аналлаах икки күннээх үөрүүлээх тэрээһини поэзия кынатыгар уйдаран ити курдук өрө көтөҕүллүүлээхтик  бэлиэтээн аһардыбыт. Поэт олорбут, айбыт, олоҕун дьолун булбут Тааттатын улууһун дьонун- сэргэтин кытта истиҥ- сылаас кэпсэтии буолла, доҕордоһуу муостата уурулунна.

                                                                Үөһээ Бүлүү улууһа Кырыкый нэһилиэгэ,

                                                                саха тылын, литературатын үрдүкү категориялаах

                                                                     учуутала Васильева Мария Васильевна суруйда.                 

Просмотров: 675 | Добавил: Федотович | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]
ГИА 2021

Телефон доверия

8-(4112)-42-10-28

+7 (495) 104-68-38

«Горячая линия»

ЕГЭ:

8-(4112)-42-10-46

ОГЭ:

8-(4112)-42-10-48

+7 (495) 984-89-19

8-(41133)-4-24-63

Поиск
Календарь
«  Май 2016  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031

Copyright Kyrykyi School © 2024
Сделать бесплатный сайт с uCoz