Суббота, 28.12.2024, 12:30
Приветствую Вас Гость | RSS

МБОУ "Кырыкыйская ООШ имени С.Е.Дадаскинова"

Меню сайта
Статистика

Главная » 2016 » Май » 20 » Кырыкый сүрүн оскуолатыгар «Оһуокай» куруһуогун үлэтэ.
12:29
Кырыкый сүрүн оскуолатыгар «Оһуокай» куруһуогун үлэтэ.

          Кырыкый сүрүн оскуолатыгар «Оһуокай» куруһуогун үлэтэ.

    1995 сылтан оскуолаҕа «Ньургуһун» фольклорнай – литературнай куруһуок үлэтин саҕалаабыта.Онно тойугу, норуот ырыатын уонна кыралаан оһуокайы үөрэппитим.  Оһуокайга үөрэтиини 2000-2001 үөрэх сылыттан күүскэ ылсан үөрэтэн киирэн барбытым .Оччолорго оһуокай куруһуогар сылдьыбыт оҕолор: Андреева Элина, Григорьева Катя, Степанов Кирилл, Степанова Иванна, Ситдиков Денис, Акимова Тася, Филиппова Катя о.д.а.Оһуокай куруһуогар сылдьар оҕолор тыллара – өстөрө сайдан, өйгө тутар дьоҕурдара тупсан киирэн барбыттара. Улуус киинигэр ыытыллар оһуокай күрэхтэригэр Степанов Кирилл, Андреева Элина, Григорьева Катя ордук ситиһиилээхтик кыттан бириистээх миэстэлэри ылаллар этэ.Тылы –өһү байытар үлэ күүскэ турбута. Ол курдук, 2002 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт театральнай түмсүүлэри көрүүгэ мин оһуокайга кыттар оҕолорум: Степанова Иванна, Степанова Нария, Григорьева Катя, Ситдикова Лилия, Николаева Туяра, Филиппова Катя, Васильева Виталина, Сергеев Петя, Бочетов Рома, Андреев Маркел, Степанов Осип, Васильев Вася, Николаев Саргыслав, Степанова Ньургуйаана, Ситдиков Илзим -  буоланнар Айсен Дойду “Абааһылар мунньахтара” пьесатын оонньоон көрдөрөн улууска 1 миэстэни ылбыппыт.

  2002 сыллаахха Кырыкыйга ыытыллыбыт Бүлүү улуустарын оһуокайын күрэҕэр Николаева Туяра 3-с миэстэни, Степанов Кирилл “ Кэскиллээх этээччи» номинацияны ылбыттара.

  2005 с Саха сирин норуоттарын оонньууларыгар Мэҥэ – Хаҥалас улууһугар Майаҕа ыытыллыбыт республиканскай оһуокай күрэҕэр Васильева Лена 1 миэстэни ылбыта. 2005 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Кыайыы 60 сылыгар аналлаах республиканскай ыһыахха Васильева Лена оһуокай күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыта.

  2006 сыллаахха Сунтаарга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Николаева Туяра уонна Харлампьева Айыына республиканскай оһуокай күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Ол курдук, Николаева Туяра “Киэҥ түһүлгэлээх этээччи» номинация хаһаайката буолбута.

  2005 с.Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар ыытыллыбыт оһуокай күрэҕэр Лена Васильева 1 миэстэ.

2006 с. Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар ыытыллыбыт оһуокай күрэҕэр Лена Васильева 1 миэстэ.

2006 с. Региональнай оһуокай күрэҕэр Харлампьева Айыына 3 миэстэ.

2006с Ороһуга ыытыллыбыт улуус оһуокайын күрэҕэр Харлампьева Айыына 2 миэстэ.

2006 с Дүллүкүгэ ыытыллыбыт улуус оһуокайын күрэҕэр Харлампьева Айыына 3 миэстэ.

2005с Ситдикова Лилия Үөһээ Бүлүүгэ улуус оһуокайыгар “Кэскиллээх этээччи», 2006 с региональнай оһуокай күрэҕэр “Биһирэбил»  ылары ситиспитэ. 

2007с – Саха сирэ Улуу Россия састаабыгар киирбитэ 375 сылыгар аналлаах Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар ыытыллыбыт Оһуокай күрэҕэр Васильева Лена -1 миэстэ, Харлампьева Айыына -2 миэстэ, Васильева М.В. «Махтал» грамота ылары ситиспиппит.

2007 сыллаахха  Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт республиканскай оһуокай күрэҕэр Васильева Лена “ Иһирэх ийэ тыллаах этээччи» номинацияны ылары ситиспитэ.

2007 с Кырыкыйга ыытыллыбыт региональнай оһуокай күрэҕэр Васильева Лена – 1 миэстэ (бирииһэ –ньирэй), Харлампьева Айыына –“ Кэрэ куолас», Васильева Яна – Кэскиллээх этээччи, Степанова Сайыына – Кырыкый кэскилэ номинациялар хаһаайкалара буолбуттара.

2008 сыллаахха Дьокуускай куоракка бастакы сахалыы традиционнай үҥкүү ”Танец солнца» республиканскай фестивалыгар биһиги оһуокай куруһуок оҕолоро ситиһиилээхтик кыттан НВК –ҕа телевизорынан көстүбүппүт. Онно Васильева Лена “ Көмүс куолас» номинация хаһаайката буолбута.

2008 с “Полярная звезда» республиканскай  телевизионнай куонкуруска кыттан  оһуокайдьыт кыргыттарым “Диплом 2 степени» ылбыттара.

2008 с «Фольклорный фестиваль народов мира на земле Олонхо» ситиһиилээхтик кыттыбыппыт.

2008 с биһиги оскуола оһуокай куруһуогун оҕолоро: Васильева Лена, Харлампьева Айыына, Васильева Яна буолан Дьокуускай куоракка 4 –с «Дети Азии» международнай спортивнай оонньуулар кэмнэригэр культурнай программаҕа кыттыыны ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.

2008 с Бүлүү улуустарын региональнай оһуокай күрэҕэр Бүлүү куоракка ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ Васильева Лена -1 миэстэни ситиспитэ, Васильева М.В. “Бастыҥ уһуйаан» буолбутум.

2008 сыллаахха Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар баран оһуокайга мастер класс көрдөрөн кэлбиппит.

2008с Үөһээ Бүлүү Хомустаах нэһилиэгэр региональнай оһуокай күрэҕэр Васильева Яна, Степанова Ньургуйаана ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ.

Бу оһуокайга дьарыктаммыт оҕолорум бары араас үрдүк уонна орто анал үөрэххэ студеннаан, сорохторо бүтэрэн үлэлии – хамсыы сылдьаллар, сорохторо араас үрдүк үөрэхтэргэ билигин студенныы сылдьаллар.Өбүгэ саҕаттан үҥкүүлэммит оһуокайы билигин да өрө тутан, саха культуратын тарҕата сылдьаллар.

Онтон кэлин Оһуокай куруһуогар: Ситдикова Амира, Степанова Аня, Егорова Валя, Санникова Тоня, Дмитриева Дайаана дьарыктанан араас региональнай, улуус уонна нэһилиэк оһуокайдарын күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара.

Билиҥҥи кэмҥэ оһуокай куруһуогар Константинова Күндээрэ, Николаева Алена, Яковлева Вилена, Иванова Катя, Николаева Айта, Федорова Муся дьарыктана сылдьаллар.

2011 сылга  Маҥааска ыытыллыбыт региональнай оһуокай күрэҕэр Константинова Күндээрэ «Саамай кыра этээччи» номинация хаһаайката буолбута.

2012 с Мэйиккэ ыытыллыбыт региональнай оһуокай күрэҕэр Яковлева Вилена  3-с миэстэни ситиспитэ.

2014 с Үөһээ Бүлүүгэ оһуокайдьыт Титаров Андрей Титович аатыгар ыытыллыбыт республиканскай оһуокай күрэҕэр Константинова Күндээрэ 2-с миэстэни ылары ситиспитэ. Манна Дмитриева Дайаана 1 миэстэни ситиспитэ.

2014 с Үөдүгэй нэһилиэгэр ыытыллыбыт региональнай оһуокай күрэҕэр Николаева Айта “Кэскиллээх этээччи» номинация хаһаайката буолла.

2014 сылга мин «Народнай творчество сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн наҕараадаланным.

      Ити курдук Кырыкый сүрүн оскуолатын оһуокай куруһуогун оҕолоро нэһилиэккэ ыытыллар оһуокай күрэхтэригэр куруутун кытталлар, үөрэхтэрэ уонна бэрээдэктэрэ үчүгэй, общественнай үлэлэргэ активнайдык кыттар буоланнар дьон – сэргэ хайҕабылыгар сылдьаллар. Биһиги, оһуокайдьыттар,үлэбит өссө ситиһиилээх, сайдыылаах буолуоҕар баҕарабын.

 

                                                      Оһуокай куруһуогун салайааччыта, уһуйаана саха тылын,              

        литературатын үрдүкү категориялаах учуутала Васильева Мария Васильевна суруйда.

                                                                       Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкый сүрүн оскуолата.

Просмотров: 691 | Добавил: Федотович | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]
ГИА 2021

Телефон доверия

8-(4112)-42-10-28

+7 (495) 104-68-38

«Горячая линия»

ЕГЭ:

8-(4112)-42-10-46

ОГЭ:

8-(4112)-42-10-48

+7 (495) 984-89-19

8-(41133)-4-24-63

Поиск
Календарь
«  Май 2016  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031

Copyright Kyrykyi School © 2024
Сделать бесплатный сайт с uCoz