«Куьунну киьи кулбутунэн»
Балаган ыйын 11 кунугэр оскуолабытыгар «Куьунну киьи кулбутунэн» диэн комус куьуннэ анаммыт кэрэ киэьэ буолан ааста. Бу кун комус куьуммутугэр анаммыт бырааьынньыгы бэлиэтээри мустубуппут- ураты уоруулээх кун буолла. Бу бырааьынньык биьиги оскуолабытыгар сылын ахсын ыытыллар угэскэ кубулуйда. Тозо диэтэр кини сыл саамай кэрэ дьылыгар куьуннугэ ананар. Комус куьун биьиэххэ кыьынны кэмнэ бэлэмнэнии кэмэ буолар, озуруоппут аьын кыьынныга хаьаанабыт, дьиэбитин-уоппутун кыьыны сылаастык корсордуу оностобут. Куьун биьиги айылзабыт алтан комускэ сууланан саамай тупсар кэрэ кэмэ дии саныыбын.
Кемус- алтан сэбирдэхтэрин кетутэн,
Куhунну хатын чаран мунчаарар,
Кеччуйэ ууннэрбит куе5ун сутэрэн,
Кенньуердэн ааспыт сайынын ахтар.
Оскуола уорэнээччилэригэр анаммыт кылаастарынан курэхтэргэ, оголор олус учугэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Ол курдук «Огуруот астарын туьунан остуоруйа» куонкурска ордук алын кылаастарга 2 кылаас коллектива(салайааччы Николаева Варвара Петровна), урдуку кылаастарга 8-9 кылаас коллектива(салайааччы Егорова Мария Кирилловна) ордук бэлэмнээх кэлэннэр бочуоттаах бастакы миэстэни ыллылар. Огуруот астарынан «Лучшее блюдо» куонкурсугар араас киэргэтиилээх ас арааьын астаан агалан дьууллуур субэни да, учууталлары да сохтордулэр. Манна саамай интэриэьинэй блюдону 6 кылаас коллективын кытта 2 кылаас коллектива астаабыттар. Бары кылаас коллективтара кыра чаепитие кэнниттэн астынан-дуоьуйан таргастылар. Бу оскуола иьинэн ыытыллыбыт бырааьынньык барыбытыгар куьуннулуу учугэй настырыаньаны бэлэхтээтэ. Сана уорэх дьыла сагаламмытынан учууталлара улэ5итигэр, уорэнээччилэргэ уерэххитигэр ситиhиилэри ба5арабыт.
педагог-организатор Егорова Ирина Алексеевна. |