Суббота, 28.12.2024, 13:02
Приветствую Вас Гость | RSS

МБОУ "Кырыкыйская ООШ имени С.Е.Дадаскинова"

Меню сайта
Статистика

Главная » 2016 » Май » 20 » « Ийэ тыл, төрүт үгэс» сылыгар
12:33
« Ийэ тыл, төрүт үгэс» сылыгар

                                « Ийэ тыл, төрүт үгэс»  сылыгар

      Степан Егорович Дадаскинов аатынан Кырыкый сүрүн оскуолатыгар “Ийэ тыл, төрүт үгэс” сылыгар “Ньургуһун” литературнай – фольклорнай куруһуок араас өрүттээх үлэни ыытан, ситиһиилээхтик кытынныбыт.

      Ол курдук быйыл саас олунньу ыйга Бүлүү куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи “Первые шаги” куонкуруска “Оһуокай” фольклорнай ансамбль оҕолоро “Күн үҥкүүтүн” толорон, “ГРАН-ПРИН” кыайыылаахтарынан буолан үөрэн – көтөн кэлбиппит. Аны сайын “Бриллиантовые нотки” международнай фестивальга кытта “Өлүөнэ очуостара” аан дойдутааҕы айылҕа пааркатыгар путевка ылан, кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьабыт.

      Олунньу бүтэһигэр  Кэнтиккэ ыытыллыбыт V-с “Түһүлгэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи этнофольклорнай фестивальга 7-с кылаас үөрэнээччитэ Николаева Айта оһуокайга уонна тойукка кыттан, иккиэннэригэр лауреат II степени буолан үөрүүбүт үрдээтэ.

      Кулун тутар 13-14 күннэригэр Дүллүкү нэһилиэгэр ыытыллыбыт Бүлүү улуустарын региональнай оһуокай күрэҕэр оһуокай куруһуогар дьарыктанар үөрэнээччилэрим :Константинова Күндээрэ (6-с кылаас) – “Кэрэ куолас”, Николаева Айта (7-с кылаас) – “Хомоҕой хоһоонноох этээччи”, Иванова Катя (8-с кылаас) – «Киэҥ түһүлгэлээх этээччи» номинациялар хаһаайыттара буоллулар. Онтон салайааччы Васильева М.В. улахан дьоҥҥо  оһуокай күрэҕэр кыттан дьахталларга – II-с миэстэни ситистим.

       Кулун тутар ыйга Горнай улууһугар опыт атастаһа баран кэллибит. Горнай улууһа тэриллибитэ 85 сылыгар сүрдээх элбэх тэрээһиннэри , проектары ыыталлар эбит. Ол иһигэр « Киэн тутта, махтана…» проекка биир дойдулаахтара Дуранова Зоя Алексеевнаны чиэстээһин буолла.Онно Кырыкый нэһилиэгиттэн  12 буолан делегация тэринэн баран наһаа үчүгэйдик кыттан кэллибит. Горнай улууһун Духуобунаһын дьэтин директора Клавдия Георгиевна биһиги делегацияны сүрдээх үчүгэйдик көрүстэ. Кини  алгысчыт, норуот үгэһин дьоҥҥо – сэргэҕэ тарҕата сылдьар Зоя Алексеевнаны чиэстиир тэрээһини өрө көтөҕүллүүлээхтик үрдүк таһымҥа тэрийэн ыытта.Онно  куруһуогум үөрэнээччилэрэ Николаева Айта, Иванова Катя, Федорова Муся кылыгырас кылыһахтаах норуот ырыатын толорон, оһуокайдаан бырааһынньык үөрүүтүн үрдэттилэр, дьон – сэргэ хайҕабылын ыллылар. Ытыктабыллаах Зоя Алексеевна  дьоҥҥо көмөнү оҥорорун, элбэх улуус дьонноро киниэхэ кыһалҕаларын быһаартарбыттарын туһунан Горнай улууһун баһылыга, улуус нэһилиэктэрин баһылыктара, кинини билэр дьон истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр.

       Үөрүүлээх тэрээһин кэнниттэн массыынабытыгар олорон, Зоя Алексеевна төрөөбүт дойдутугар Атамай нэһилиэгэр айаннаан тиийэн, олохтоохтору кытта көрсүһэн, киэһэ эҕэрдэ концерт көрдөрдүбүт.Биһиги оҕолорбут норуот ырыатын, тойугу толорбуттарын, оһуокайдаабыттарын олохтоохтор үөрүүнэн сэргээн – астынан көрдүлэр, оҕолорбутугар махтал тылларын эттилэр.

       Сарсыныгар олохтоох дьаһалтаҕа  “Төгүрүк остуолга”сылдьан , опыт атастаһыыта, кэпсэтии буолбута.Онтон оскуолаҕа көрсөн, Атамай үөрэнээччилэрэ Саха сирин уонна Атамай гимнин ыллаабыттарын сөҕө – астына көрдүбүт.Саҥа тутуллубут детсады көрдүбүт, библиотекаҕа, олохтоох нэһилиэк музейыгар уонна үрүҥ аһы астыыр үүт собуотугар, уйгуну – быйаҥы дэлэтээччи бааһынай хаһаайыстыбатын саҥа хотонугар сылдьан көрдүбүт, кэпсэттибит.Биһигини нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Васильева Ксения Михайловна арыаллаан илдьэ сырытта.

       Ыччаттарбыт волейболга күрэхтэһэн, биллиардаан кэллилэр. Атамай  дьоно –сэргэтэ ыалдьытымсах, олус сэргэх олохтоох – дьаһахтаах нэһилиэк буоларын көрөн – истэн, опыт атастаһан үөрэн – көтөн дойдубутугар кэлбиппит. Инникитин икки нэһилиэк сибээспитин быспакка, өссө да кэлсэн – барсан, билсиһэн олоруохпут диэн кэпсэттибит.

      Муус устар 6 күнүгэр Дүллүкүгэ өрүс хаҥас биэрэгин оскуолаларыгар тэриллибит”Сахам сайдам тылынан” уус –уран ааҕыы күрэҕэр Яковлева Вилена, Прокопьева Настя, Иванова Катя буолан “Ийэ” (АммаАччыгыйа)хоһоонунан III-с миэстэни ыллылар.

«Бастыҥ суруксут» диэн диктант суруйуутун күрэҕэр : Николаева Айта (7-с кылаас)- I миэстэ, Иванова Катя (8- с кылаас) – III миэстэ, Санникова Тоня (9-с кылаас) – I миэстэни ситистилэр.

Онтон сахалыы остуол  оонньуутугар: хабылыкка Егоров Артемий –I м, Яковлева Вилена –I м, хаамыскаҕа Егоров Артемий –I м ситиһэннэр оҕолор үөрүүлэрэ улахан.

         Муус устар 25-30 күннэригэр Кырыкый сүрүн оскуолатыгар литературнай нэдиэлэ ыытылынна. Онно «Сөбүлүүр суруйааччым» презентация көмүскээһинэ буолла.

I м – 6-с кылаас, II-с м – 8,9 кылаастар, III м – 7-с кылаас ыллылар.

    “Кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах сахам аптаах саҥатынан...” уус –уран ааҕыы күрэҕэр: I м -8 кыл, II  миэстэ 6 кылаас,III м – 7 кылаас ыллылар.Литературнай викторинаҕа Константинова Күндээрэ хотуу үөрүүтүн биллэ.

       Ити курдук, ыам ыйын 9 күнүгэр үөрэнээччилэр, учууталлар уонна оскуола үлэһиттэрэ эҕэрдэ концерт көрдөрөөрү бэлэмнэнэ сылдьабыт.Онно  5-9 кылаас уолаттара М.И.Кузьмин- Макар Хара “Саллаат суруктара” хоһоону ааҕаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.”Ньургуһун” литературнай – фольклорнай куруһуок иһинэн үлэлиир “Оһуокай” фольклорнай ансамбль оҕолоро норуот ырыаларын көрөөччүлэргэ бэлэхтиэхтэрэ.

 

                                                       «Ньургуһун» литературнай – фольклорнай куруһуок салайааччыта  үрдүкү категориялаах саха тылын,литературатын учуутала Васильева Мария Васильевна.

   

 

Просмотров: 651 | Добавил: Федотович | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]
ГИА 2021

Телефон доверия

8-(4112)-42-10-28

+7 (495) 104-68-38

«Горячая линия»

ЕГЭ:

8-(4112)-42-10-46

ОГЭ:

8-(4112)-42-10-48

+7 (495) 984-89-19

8-(41133)-4-24-63

Поиск
Календарь
«  Май 2016  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031

Copyright Kyrykyi School © 2024
Сделать бесплатный сайт с uCoz